Дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах төгүрүк остуол тула кэпсэтии     

11:57
16 Мая 2023

   Орто дойду олоҕор туох баар үтүө, кэрэ барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Хоту Анаабыр улууспутугар өбүгэлэрин  удьуорун  утумнаан, кинилэр кэскили тэрийэр туһугар олох  олорон  ааспыттарын ытыктаан, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэн, таптаһан оҕо-уруу төрөтөн, үлэлээн-хамсаан  эйэлээхтик  олорор ыаллар үгүстэр.

    Үүнэр көлүөнэ библиотекатыгар Дьиэ кэргэн күнүнэн дьоро киэһэни "Үрүҥ күн" саха түмсүүтэ уонна улуус дьаһалтата тэрийэн ыыттылар. Уопсайа 8 араас саастаах дьиэ кэргэн ыҥырыллан төгүрүк остуол тула истиҥ кэпсэтиилэр, араас бэһиэлэй оонньуулар буоллулар