Дьоллоох дьиэ кэргэн - дьоллоох уопсастыба туллар тутааҕа.
Өр сылларга бииргэ олорбут ыаллары көрдөххө киһи үөрэр, долгуйар, хайдах эрэ дьиҥнээх дьолго ыксаласпыт курдук буолаҕын, онтон бэйэҥ ордук дьоллоноҕун.
Бу күннэргэ Сунтаар улууһугар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр сыһыаннаан элбэх тэрээһин ыытылынна. Ыал буолбуттара үйэ аҥаардаах үбүлүөйдэрэ, эдэр дьон ыал буолуулара үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтэннилэр. Саха сирин самаан сайына салаллан турдаҕына сайаҕас санаанан салаллан, алгыс тыл этиллэн элбэх ыалга дьоро күннэр буоллулар. Ол курдук Бүлүүчээҥҥэ Пантелеймон Максимович уонна Антонина Михайловна Семеновтар, Хадаҥҥа Эдуард Романович уонна Гузалия Нагимулловна Степановтар, Сунтаарга Александр Константинович уонна Светлана Николаевна Матвеевтар, Ион Ионович уонна Вера Николаевна Жирковтар дьоллоох дьиэ кэргэттэрэ эдэрдэрин эргитэн, уруккуну-хойуккуну истиҥник санаһан, 50 сыллаах дьоһуннаах бэлиэ күннэрин бэлиэтээтилэр. О5олоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аймахтара, доҕотторо алгыс тыла эттилэр, истиҥник эҕэрдэлээтилэр, улуустааҕы социальнай эйгэ салайааччылара, олохтоох дьаһалталар үлэни-олоҕу дьүөрэлээн, нэһилиэнньэ социальнай-экономическай сайдыытыгар үгүс кылааттарын киллэрбит үтүө дьонноругар махтал тылларын эттилэр, өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар. Истиҥ иэйии, дьиҥнээх таптал Ил Дархан эҕэрдэ суругунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ГТАС управлениетын "Дьиэ кэргэн килбиэнэ" өйдөбүнньүк бэлиэтинэн доҕуһуолланна.


