Бэрдьигэстээх дьоһун ыала 50 сыл бииргэ
14:26
29 декабря 2023
Бүгүн улуус баһылыгын солбуйааччыта Алгыс Стручков, нэһилиэк баһылыга Алексей Аргунов Татьяна, Василий Пахомовтары кыһыл көмүс сыбаайбаларынан эҕэрдэлээтилэр.
Ил Дархан эҕэрдэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Быткомбинат туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Татьяна Егоровна, РФ спордун маастара, үлэ бэтэрээнэ Василий Романович Пахомовтар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьоһун-мааны ыаллара буолаллар.
Горнай улууһун бочуоттаах дьиэ кэргэн кинигэтигэр киирдилэр.
Татьяна, Василий Пахомовтары итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит


